Улуустаҕы "Үрүҥ кынат» бириэмийэ чэрчитинэн фольклорга уонна уус-уран оҥоһуктары көрүү күрэҕэ ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн кыттыыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун.
Ахсынньы 9 күнүгэр “Эйгэ” библиотека саалатыгар, Арассыыйаҕа Аҕа дойду дьоруойдарын күнүгэр анаммыт “Умнубаппыт, киэн туттабыт, сүгүрүйэбит” тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, төрөппүттэрэ, эйэлээх олох туһугар сырдык тыыннара быстыбыт биир дойдулаахтарбыт төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэттэрэ , Д. Ф.Алексеев аатынан орто оскуола учуталлара, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк общественноһа кыттыыны ыллылар.
СР Олоҥхо декадатынан, нэһилиэкпитигэр "Олоҥхо истиитэ" бырайыагынан, бүгүн, ахсынньы 6 күнүгэр, "Түмсүү" балаҕаҥҥа Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, олоҥхоһут Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр ыалдьыттаата. Биир дойдулааҕа, М.Т. Шараборин-Кумаарап "Дуо Бухатыыр" олоҥхотун иһитиннэрдэ. Ол кэннэ Василина Васильевнаны кытта атах тэпсэн олорон истиҥ сэһэргэһии буолла.
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн, үгэс буолбут күөх харыйа күлүмнэс уоттарын уматыы үөрүүлээх тэрээһинигэр оҕо- аймах тоҕуоруһа муһунна. Кэлбит кырачааннарга култуура киинин фойетыгар оонньуулар ыытылыннылар, оҕолор ырыа ыллаан, хоһоон ааҕаннар, аттракциоҥҥа оонньооннор бэлэхтэри туттулар.
Сэтинньи 30 күнүгэр «Алгыс»НАК - гэр V – c төгүлүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үҥкүү алыптаах аартыга” ( 40+) күрэх “Алгыс” НАК уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин тэрийиилэринэн ыытылынна. Күрэххэ уопсайа Нам, Чурапчы, Таатта, Хаҥалас, Кэбээйи улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 13 коллектив, 131 киһи кыттыыны ыллылар. Икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыт күрэх Кылаан кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан “Махтал” үҥкүү коллектива ( сал. Екатерина Новикова, хореограф Лена Лобанова ) 20000 солк. бириэмийэ тутта.