26 ноября, 2026

 


                             
                    Убаастабыллаах  Яна Петровна!
Эйигин Олоҥхо тыйаатырын  артыыһын, өбүгэбит сүдү баайын — олоҥхону үйэтитэр ытык аналлаах киһибитин, Ил Дархан бириэмийэтигэр олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ  үрдүк аатын ылбыккынан истиҥник эҕэрдэлиибит!

Бу ситиһии — эн сыралаах үлэҥ, айар куккар бэриниилээххин, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит тыыннаах тылбытын үрдүктүк тутар дьоҕуруҥ дьиҥнээх түмүгэ буолар. Саха сирин үрдүнэн олоҥхо сүдү эйгэтин арыйан, истээччи сүрэҕэр тириэрдэр дьоҕуруҥ барыбытын үөрдэр уонна долгутар.
Биһиги, биир дойдулаахтарыҥ, эн ситиһиигинэн ис сүрэхпититтэн киэн туттабыт! Төрөөбүт түөлбэҥ дьонун аатын үрдүктүк тутан, норуоккар сырдыгы, кэрэни эрэ бэлэхтии тураргын үрдүктүк сыаналыыбыт! 



Комментариев нет:

Отправить комментарий