24 ноября, 2026

                    


Ил Дархан Айсен Николаев бирииһигэр   олоҥхону үгэс быһыытынан толорууга  I - Өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэс үһүс  түһүмэҕэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр  сэтинньи 23 күнүгэр ыытылынна. Бу күрэскэ  СӨ култууратын туйгуна "Алгыс" НАК  фольклор специалиһа Елена  Руфова П. П. Ядрихинскай - Бэдьээлэ "Дьырыбына Дьырылыатта - кыыс бухатыыр" олоҥхоттон   сэттэ   чаас  кэриҥэ устата толорон ураты маастарыстыбатын көрдөрдө, биһирэбили ылла. Эбии сырдатар буоллахха Елена Игнатьевна бастакы түһүмэххэ анал балаhыанньанан кулун тутар ыйга күөн күрэс чэрчитинэн  чаас устата толорбута, иккис түһүмэххэ  ыам ыйыгар  түөрт  чаас устата толорон,  үһүс түһүмэххэ киирбитэ. 





      Бүгүн  сэтинньи 24 күнүгэр  "Алгыс" НАК-гэр   10:30 ч. «Уруйдан, улуу Олоҥхобут !" улууспутугар   дэкээдэ  арыллыытыгар   баһылык В.Г. Жирков уонна нэһилиэкпит бары тэрилтэлэрин салайааччылара быһа эфиргэ   холбонон кыттыыны ыллылар. Быһа эфиргэ   "Нам улууһа" МО баһылыга Ю.И. Слепцов, "Олоҥхо Ассоциацията"  СӨ национальнай эпоһы харыстыыр уопсастыбаннай тэрилтэ  президенэ Ф. В. Шишигина  улууска декада арыллыбытынан  эҕэрдэлэрин  тириэртилэр  уонна үөрүүлээх быһыыга -майгыга олоҥхону өрө тутан илдьэ сылдьар Наммыт улууһун олоҥхоһуттарын бэлиэтээтилэр.  
   Салгыы  З. П. Винокуров аат. Намнааҕы оҕо искусствотын  оскуолатын 1-Хомустаахтааҕы филиалын  фольклорга  салаатыгар уһуйааччыта,  эдэр кэскиллээх олоҥхоһут Урсун  Винокуров П. П. Ядрихинскай - Бэдьээлэ " Дьырыбына Дьырылыатта - кыыс бухатыыр" олоҥхотутуттан быһа тардан толоруутун сэргии, сэҥээрэ иһиттилэр. 






Комментариев нет:

Отправить комментарий