Хас биирдии улуус тумус туттар, холобур оҥостор, ытыктыыр уонна убаастыыр дьонноох буолар. Сэтинньи 13 күнүгэр М. К. Аммосов аат. култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Наммыт улууһун бастакы баһылыга, ”Бочуот знага” орден кавалера, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Советскай потребительскай кооперация туйгуна”, Нам улууһун, Бастакы Хомустаах уонна Таастаах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, өр сылларга бөдөҥсүйбүт "Нам" совхоһу салайбыт Дмитрий Федотович Алексеев төрөөбүтэ 90 сылын көрсө тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Үөрүүлээх тэрээһин күнүс 15:00 ч. уопсастыбыннас мунньаҕыттан саҕаланна. Мунньаҕы "Нам улууһа" МО депутаттарын сэбиэтин председателэ А.И.Винокуров салайан ыытта. Кыттыыны ыллылар : "Нам улууһа" МТ баһылыга Ю. И. Слепцов, СӨ Ил Судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А. П. Атласов, "Хомустаах Бастакы" нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин баһылыга В. Г. Жирков, Нам улууһун бочуоттаах гражданина, тутуу эйгэтин бэтэрээнэ, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, Дмитрий Федотович 1 солбуйааччыта С.П. Кирсанов, ”Түөлбэ” оҕо киинин директора, 1990-2001 сылларга Нам улууһун үөрэҕириитин салаатын салайбыт Н.Д.Дьячковская, СР култууратын туйгуна, Нам улууһун култууратын Бочуоттаах үлэһитэ, 1989-1995 сылларга Нам улууһун култуура салаатын салайааччытынан үлэлээбит Р.Н.Горохова, СР муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, 1981 сылтан "Нам" совхозка экономиһынан үлэлээбит А.Е.Охлопкова, Д.Ф. Алексеев аат. 1 - Хомустаах орто оскуола директора У.П.Атласова уо.д.а. Д. Ф. Алексеев салайан, үлэлээн ааспыт кэмнэрин, улууһун туһугар сыраласпыт сыратын үтүө тылынан ахтан- санаан , махталларын тириэртилэр. Үөрүүлээх мунньахха сыл устатат Д.Ф.Алексеев анаммыт тэрээһиннэргэ күүс- көмө буолбут, үлэлэспит тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо махтал суруктар туттарылыннылар.
Салгыы 17.00 ч. П.И. Сивцев аат. "Намнааҕы история уонна этнография" музейыгар «Дойдуну дьоно киэргэтэр» Дмитрий Федотович олорбут оло5ун, үлэлээн ааспыт кэмнэрин, алтыспыт биир үөлээннэхтэрин туһунан сырдатар быыстапка арылынна. Манна дьон-сэргэ көрүүтүгэр Дмитрий Федотович үлэтигэр, олоҕор тутта сылдьыбыт маллара турдулар. Ону кэккэ ол кэм умнуллубат хаартыскалара, анал матырыйааллар, докумуоннар быыстапканы ситэрэн биэрдилэр. Быыстапка аалай лиэнтэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга быстылар - «Нам улууһа» МО баһылыга Ю.И.Слепцов, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Дмитрий Федотович олоҕун аргыһа Г. Г. Алексеева , П. И. Сивцев аат. «Намнааҕы история уонна этнография» түмэлин директора А. И. Копырин.
Киэһэ 18.00 ч. көрөөччү саалатыгар историяҕа бастакынан көрдөрүллэр, улахан салайааччыга , улуус баһылыгар анаммыт "Сөдүөтэбис" испиктээкили көрөөрү көрөөөччү "лыык" курдук муһунна. Күүтүүлээх испэктээк быыс арыллаатын кытта диктор саҥатыттан саҕаланна.
Сценарийы уочаркаһыт, драматург, Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Утум Егорович Захаров суруйда. Сүрүн туруорааччы режиссер А. Ф. Шестаков аат. Улуустааҕы норуот айымньытын киинин режиссера Рожин Михаил Христофорович, туруорааччы режиссер СӨ култууратын туйгуна, "Алгыс" НАК фольклор специалиһа Елена Игнатьевна Руфова. Документальнай чахчыларга уонна тус ахтыыларга олоҕурбут испэктээкил Дмитрий Федотович олоҕун оҕо сааһыттан саҕалаан - улуус баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмнэригэр тиийэ сүрүн кэрчиктэрин хабар.
Артыыстар Хомустаах Бастакы нэһилиэгин олохтоох дьоно "Алгыс" норуот айымньытын киинигэр күн аайы үлэ чааһын кэннэ мустан , бары биир санаанан сыанаҕа үлэлээтилэр. Төһө да тыл-өс өттүн үөрэтэргэ ыарахаттары көрсүбүттэрин да иһин, үлэ - түбүк быыһыгар быыстатан лоп бааччы үөрэтэн көрөөччүгэ тириэртилэр. Онон, көрөөччү испэктээкили көрө олорон уйадыйан да, үөрэн да, санаарҕаан да, турукка киирэн ылла. Испэктээкил көстүүтүгэр биир сүрүн ирдэбилинэн, ол кэм саҕанааҕы таҥас-сап булуута буолла. Манна нэһилиэкпит дьоно туора турбакка ампаардарын арыйан, сундууктарын түгэҕиттэн сөптөөх таҥас булан биэрдилэр. Ол курдук, Новгородова В. К., Новгородова Анна. Н., Алексеев С. Г., Колесов С. С., Дьяконова М. В.,Муксунова А. С., Борисова Е. В., Тумусова С. П. Туттар мал-сал өттүн хааччыйдылар : Алексеев О. В., Колесов А. М., Тумусов И. А., Алексеев Ф. Д.
Д. Ф. Алексеев аат. 1-Хомустаах орто оскуолатын уолаттара Никита Колесов, Уйгун Мамаев, Арылхан Николаев, Леня Петров, Женя Баишев 1950 с. о5о саас көстүүнү олус итэҕитиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр, бэлэмнээтэ РФ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала А. А. Томская. А. Н. Окоемов аатынан "Мичээр" оҕо үҥкүү народнай ансамбыл спектакльга "Чохчоохой" үҥкүүнэн кыттыыны ылла. (сал. К. Борисов)
Биирдиилээн оруолларга оонньоотулар :
1. Дима о5о сааһа- Никита Колесов
2. Эдэр Дмитрий - Михаил Рожин
3. Дмитрий Федотович- Федот Алексеев
4. Отчуттар биригэдьиирдэрэ Баанньа-Александр Колесов
5. Эдэр Галина - Прасковья Соловьева
6. Галина Георгиевна - Александра Аргунова
7. Тамара- Виктория Матвеева
8. Киэсэ – Урсун Винокуров
9.Төрөнтөй- Алексей Татаринов- Удьурҕай
10.Михаил Николаев- Алишер Чупров
11. Григорий Лазарев - Геннадий Игнатьев
12. Евдокия Рожина- Анастасия Барашкова
13.Ыанньыксыттар: Нюргуяна Сивцева, Екатерина Борисова, Татьяна Соловьева
14.«Нам» совхоз үлэһиттэрэ:
Василий Федотов - Денис Федоров
Альберт- Константин Борисов
Панкратий Корякин - Афанасий Охлопков
15. Агитбригада кыргыттара:
Марина Охлопкова, Виктория Баишева, Нюргуяна Ощепкова, Людмила Попова, Анна Обутова, Лена Рожина.
Испиктээкил туруоруутугар үлэлэстилэр:
1. Уот- күөс – Симонд Сивцев
2. Тыас-уус- Айаал Атласов
3. Музыка таҥыыта- Нарыйаана Уодай
4. Художник- декоратордар- Евгения Рожина, Николай Сивцев,
5. Костюмер- Сардана Тумусова
6. Гримм- Анастасия Барашкова, Марина Охлопкова
7. Видеограф, фотограф- Лена Корякин
8. Диктор- Ньургун Бэчигэн
Бу курдук Д. Ф. Алексеев олоҕун хаамыытын илиигэ тутан олорон "Алгыс" НАК директора, СР култууратын туйгуна Анна Мылаханова идеятынан Нам улууһугар сүҥкэн улахан суолталаах, кэнэҕэски ыччакка өйүгэр-санаатыгар хаалар, ол кэмҥэ үлэлээн ааспыт дьон, үтүө кэмнэрин, илэ харахтарынан испиктээк нөҥүө дуоһуйа, астына көрдүлэр.
Күн устата ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ күүс- көмө буолбут улууспут дьонугар- сэргэтигэр махталбытын биллэрэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий