М.К.Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар сэтинньи 23 күнүгэр "Талаан тыллар туоната" А.Н.Окоемов аатынан "Мичээр" үҥкүү народнай ансаамбыла төрүттэммитэ 40 сылыгар анаммыт Бастакы Хомустаах нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Киирии ааҥҥа ыалдьыттары «Улыбка» (сэб.
Баишева Нь.М.) оҕо уһуйаанын коллектива үөрэ көрүстүлэр. «Бастакы
Хомустаах сайдыы эркээйилээх суолунан» нэһилиэк
историятын, тэрилтэлэрин, дьонун-сэргэтин сырдатар кинигэ быыстапкатын
“Эйгэ” модельнай библиотека ( сэб. Жиркова Н.Д.) тэрийдэ , «Оһуор мандар тойуга, уран айыы
алгыһа» нэһилиэк талба талааннаахтарын, “Сайдыы” ОАДь (дир.
Винокурова А.Н.) иһинэн үлэлиир “Туосчаан”
түмсүү ( сал. Баишева В.Д.), “Иис
–Куо” (сал. Барашкова А.К.) оҥоһуктарын быыстапката тэрилиннэ. Д.Ф.Алексеев аатынан 1-Хомустаах
орто оскуолата ( дир. Атласова У.П.), “Школьный
Бизнес Инкубатор” үөрэнээччилэр оҥоһуктарын атыыга таһаарда.
Толору көрөөччүлээх саала5а, сүрэҕи
абылыыр ырыа - үҥкүү аргыстаах киэһээ
“Хомустаах Ньургуннара” литературнай түмсүү ( сал. Томская А.А.) уолаттара
хоһоон ааҕыыларыттан са5аланна, ону сэргэ ырыаһыт, биир
дойдулаахпыт Кэскил Баишев “Дойдум салгына ” ырыата хас биирдии көрөөччү,
ыалдьыт, кыттааччы сүргэтин көтөхтө, дойдуга таптал истиҥ иэйиитин уһугуннарда.
Кэнсиэргэ “Мичээр” ансаамбыл араас сыллардааҕы выпускниктара,
иитиллээччилэрэ, нэһилиэк Эр дьонун ансаамбыла, "Сарыада" ырыа ансаамбыла,
Намнааҕы З.П.Винокуров аат. Оҕо искуствотын оскуолатын 1-Хомустаахтааҕы
филиалын «Күнчээн» СӨ образцовай
оҕо үҥкүү ансаамбыла ( сал. Мохова Т.С.) , «Сайдыы» ОАДь «Умсулҕан» фольклорнай студия ( сал. Аргунова А.Д.) , «Чугдаар» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө ( сал.
Руфова Е.И) , «Дьиэрэй» инструментальнай бөлөх (сал. Каменева Е.И.) , “Күндүүнэ” үҥкүү коллектива ( сал. Филиппова Т.Ф.), Партизан нэһилиэгиттэн “Күрүлгэн” ( сал. Сысолятина Нь.Р.), “Сандаара” ( сал.
Дьячковскай А.Н.) үҥкүү
коллективтара, биир дойдулаахпыт Олонхо тыйаатырын артыыһа Яна
Нюргусова, Анастасия, Петр Аргуновтар дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар. Көрөөччү биһирэбилин ылбыт ансаамбыл бастыҥ
үҥкүүлэрэ – “Муҥха”, “Чохчоохой”, “Сардаана” , “Уһун суһуох”, “Хатыҥнаах чараҥҥа”,
“Айанньыт” үҥкүүлэрэ буоларын курдук ытыс дохсун тыаһын до5уһуолунан үҥкүүлэннилэр, маны сэргэ хореограф идэтин ылбыт ансаамбыл выпускниктара – Туяра Мохова, Нюргуяна
Сысолятина, Алексей Дьячковскай, Алена Охлопкова, Сардаана Березкина туруоруулара, өр кэмҥэ
ансаамбылга үлэлээбит, хореограф Эдуара Сергеева, быйылгыттан үлэтин
са5алаабыт эдэр специалист, хореограф
Константин Борисов үҥкүүлэрэ көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Бу киэһээ
«За вклад в развитие народного
художественного творчества» түөскэ кэтэр
бэлиэни нэһилиэккэ уус-уран
самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара
Евдокия Дмитриевна Софронова, Михаил Михайлович Кривошапкин
үөрүүлээх быһыыга – майгыга туттулар.
Бааттаах көрөөччүлэргэ анаан «Илгэ Хотун»
кооператив ( пред. Сивцева О.В.) , нэһилиэкпит
бааһынай хаһаайыстыбалара Дьячковская Э.С., Аргунов А.А., Ядреев Ф.Ф. олохтообут
сыаналаах бириистэрэ, ансаамбыл тэриллэригэр сүдү кылааттаах Алексеева Г.Г. дьиэ кэргэнин аатыттан олохтоммут уу харчынан бириис оонньоннулар.
Дьоһун киэһээ5э ыалдьыттаатылар “Хомустаах 1–кы нэһилиэгэ” МТ баһылыга ВАСИЛИЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ ЖИРКОВ, СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ АЛЕКСЕЙ ИЛЬИЧ ЕРЕМЕЕВ, СӨ Ил Түмэнин тыа сригэр уонна аграрнай бэлиитикэ5э сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ АЛЕКСАНДР ПАВЛОВИЧ АТЛАСОВ , «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы ЕГОР АНДРЕЕВИЧ ПРОТОПОВ, «Нам улууһа” МТ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Управлениетын начальнига СЕМЕН ПРОКОПЬЕВИЧ ЯДРИХИНСКАЙ, «Нам улууһа» МТ Үөрэх Управлениятын началнигын солбуйаччы ЕГОР ИННОКЕНТЬЕВИЧ БОЧОНИН , «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин методиһа АЛЕКСАНДРА САВВИЧНА АРХИПОВА уонна ансаамбыл тирэ5эр турарыгар күүс – көмө буолбут, үлэлэспит дьоммут- сэргэбит, Александр Николаевич бииргэ үөрэммит до5отторо, коллегалара. Кэнсиэри иилээн – саҕалаан ыыттылар Александр Николаевич биир идэлээҕэ, доҕоро, РФ уопсай Үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Николай Николаевич Терютин уонна «Алгыс» Норуот айымньытын киинин директора, СР культуратын туйгуна Анна Григорьевна Мылаханова.
Кэлэр 2025 сылга Александр Николаевич 65 сааһын көрсө, кини аатын үйэтитэр сыаллаах өйдөбүнньүк стела оҥоһулларыгар Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата, “Хомустаах Бастакы” нэһилиэгин дьаһалтата, Александр Николаевич оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо 1977 сыллаах Выпуск, ансаамбыл выпускниктара, төрөппүттэр, нэһилиэк тэрилтэлэрэ, З.П.Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолата, Нам улууһун культуратын идэлээх союһа уонна биирдиилээн дьон кылааттарын киллэрдилэр.
Кэнсиэр элбэх көрөөччү кутун туппут, хас биирдии иитиллээччи үҥкүүлээбит, сүрэ5эр чугас тутар “Уһун суһуох” үҥкүүтүн выпускниктар толорууларынан түмүктэннэ. Хомустаахтар дьолбутугар, Александр Николаевич Окоемов курдук ураты таллааннаах киһи, сырдык сулус буолан сыдьаайа тыган үгүс оӄо- аймах, ыччат дьон үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйуллан – Бастакы Хомустаах нэһилиэгэ күн бүгүн Үҥкүүһүт нэһилиэгинэн аатырар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий