30 ноября, 2024

 


      Сэтинньи 30 күнүгэр «Алгыс»НАК - гэр V – c төгүлүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үҥкүү алыптаах аартыга” ( 40+)    күрэх “Алгыс”  НАК уонна  Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин тэрийиилэринэн ыытылынна. Күрэххэ уопсайа  Нам, Чурапчы, Таатта, Хаҥалас, Кэбээйи улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 13 коллектив,  131  киһи кыттыыны ыллылар. Икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыт күрэх Кылаан кыайыылааҕынан   Дьокуускай куораттан “Махтал” үҥкүү  коллектива ( сал. Екатерина Новикова, хореограф  Лена Лобанова ) 20000 солк.    бириэмийэ тутта.

 Күрэх сыаналыыр сүбэтигэр үлэлээтилэр Николай Николаевич Терютин – Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин  специалиһа, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР культуратын, үөрэҕириитин, ыччат политикатын туйгуна, Учууталлар учууталлара бэлиэ хаһаайына,  Яна Трофимовна Павлова Ф. И. Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дьиэтин старшай педагога, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна,  Елизавета Анатольевна Афанасьева Ф.И. Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дьиэтин старшай педагога, “Зазеркалье” оҕо музыкальнай хореографическай театрын хореограва, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕирии сфератын туйгуна. Кыттааччылар ирэ- хоро санаа атастаһан, ырытыһыыга кыттыыны ылан, махтанан тарҕастылар. Күрэх ыытылларыгар күүс – көмө буолбут Октябрина Валерьевна Яковлеваҕа, спонсордаабыт Екатерина Михайловна Тихоноваҕа барҕа махталбытын биллэрэбит.











Комментариев нет:

Отправить комментарий