Хомус
уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн СӨ “Культуратын үтүөлээх үлэһитэ”, ССРС
“Культуратын туйгуна”, Норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, алгысчыт,
олоҥхоһут Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин “Ытык киһитэ” Д.И.
Кривошапкин аатын үйэтитэр «Туой
ыллаа хомуһум» үрүҥ көмүс бэлиэни Бастакы Хомустаах нэһилиэгэ уруйдуу көрүстэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны
ыллылар “Хомустаах Бастакы” нэһилиэгэ МТ баһылыга В. Г. Жирков, “Партизан
нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччы П.И.
Скрябина ону сэргэ Дмитрий Иванович хаан уруу аймахтара, нэһилиэк кэнчээри
ыччата.
Комментариев нет:
Отправить комментарий