Бу киэһээ кэнсиэр икки чаастаах буолла. Маҥнайгы чааһа ахсынньы 30, тохсунньу 7 күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһиннэр бастыҥ нүөмэрдэрэ, иккис чааһа урукку кэминээҕи хит буолбут ырыаларынан нууччалыы барда.
Бу курдук, Бастакы Хомустаахха саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр хаһан даҕаны буоларын курдук чаҕылхайдык, көрөөччү уҕараабат сылаас ытыһын тыаһын доҕуһуолунан түмүктэннэ.
Көрөөччү махтала - үлэ үтүө түмүгэ! Кыттааччы үөрүүтэ- истиҥ сыһыан бэлиэтэ!
( тэрээһин түгэннэриттэн Жиркова С.А. хаартыскалара)
Комментариев нет:
Отправить комментарий