«Алгыс» НАК-гэр 2023 сылы көрсө ураты, хатыламмат тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһа кыттыылаах бииртэн биир саӊа, сонун тэрээһиннэр көрөөччү сүргэтин көтөхтүлэр.
Ахсынньы 30 күнүгэр, СР Ийэ сылын түмүктүүр «Весь мир начинается с мамы» күрэх түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытылынна. Манна кыттааччылар дьиэ кэргэни кытта бэйэни билиһиннэрии, саӊа дьыллаа5ы бүлүүдэ, түөлбэ олохтоохторо кыттыылаах талааны көрдөрүү түһүмэхтэригэр уонна урукку кэм остуоруйаларын геройдарынан көстүүм оӊостон «Преображение» түһүмэххэ кыттыыны ыллылар. Ону тэӊэ бу киэһээ сыл устата араас хабааннаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыбыт түмсүүлэр бастыӊ нүөмэрдэрин көрдөрөн э5эрдэлээтилэр. Түмүккэ кыайыыла5ынан та5ыста «Саһар5а» түөлбэттэн (сал. З.И. Степанова) Анастасия Степановна Соловьева. Бары кыттыыны ылбыт кэрэ аӊардарга, алаһа дьиэ хаһаайкаларыгар, күн күбэй ийэлэргэ, эйэ5эс эбээлэргэ – «Чагда» түөлбэттэн Александра Аргунова5а ( сал. А.К. Барашкова), «Кустук» түөлбэттэн Виктория Матвеева5а ( сал.Е.И. Руфова), «Дьулуур» түөлбэттэн Екатерина Тихонова5а ( сал. М. П. Сысолятина) олохтоох дьаһалта аатыттан сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Сыаналыыр сүбэ5э үлэлээтилэр нэһилиэкпититтэн араас кэмнэргэ улуустаа5ы, республикатаа5ы «Далбар Хотун» курэххэ кыттыыны ылбыт, кыайыыны ситиспит ийэлэрбит Айталина Дмитриевна Рожина, Евдокия Дмитриевна Софронова, Валентина Дмитриевна Баишева уонна актыыбынай позициялаах ийэлэрбит Варвара Степановна Олесова, Алена Андреевна Лиханова.
Ахсынньы 31 күнүгэр, аныгы олох тэтиминэн «Алгыс» НАК Ютуб каналынан сүүйүүлээх бириис оонньуута ыытылынна. Сүрүн бириистэри Нюргуяна Сысолятина ( холодильник), Анна Баишева ( посудомоечнай массыына), Филипп Николаев ( «Байанай» центр ма5аһыынтан 10 тыһ. солк. сууммалаах сертификат) сүүйдүлэр. Быһа эфир «Бастакы Хомустаах» нэһилиэгэ МТ баһылыга Жирков Василий Гаврильевич нэһилиэк олохтоохторугар э5эрдэтиттэн са5аланна.
Тохсунньу 1 күнүгэр, саӊа сыл бастакы күнүн киэһэтэ көрөөччүлэри ааспыт кэм бастыӊ ырыаларынан таӊыллан оӊоһуллубут «Про белые розы» ырыа, үӊкүү киэһэтигэр түмтэ. Манна 80-90-2000 сыллардаа5ы хит ырыалар ылланнылар, араас тэтимнээх үӊкүүлэр, көрдөөх сыанкалар көрөөччү биһирэбилин ыллылар. Киэһэни иилээн- са5алаан ыыттылар эрчимнээх эдэр ыччаттар- Иван Барабанский, Алишер Чупров.
Тохсунньу 4 күнүгэр, улуустаа5ы доруобуйаларынан хааччахтаах доммутугар анаан бырааһынньыктаа5ы «Күөх уот» тэрилиннэ. Улуус араас нэһилиэктэриттэн кэлбит ыалдьыттар үөрэн-көтөн, оонньоон, ыллаан, махталларын биллэрэн тар5астылар. Истиӊ, иһирэх күнү тэрийдэ нэһилиэкпит «Үргэл» общественнай түмсүүтүн салайааччыта Татьяна Алексеевна Березкина.
Тохсунньу 5 күнүгэр, кырачаан о5олорго уонна төрөппүттэргэ оонньуулардаах, Тымныы О5онньортон бэлэхтэрдээх утренник тэрилиннэ. Манна Д.Ф. Алексеев аатынан 1-Хомустаах орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Мешок яблок» остуоруйаны көрдөрдүлэр ( кыл. сал. Жиркова Д.Д.), О5о искусствотын оскуолатын «Күнчээн» үӊкүү бөлө5үн иитиллээччилэрэ үӊкүүнэн киэргэттилэр . Утренникка кэлбит бастыӊ маскарадтаах кырачааннарга бэлэхтэр туттарылыннылар.
Тохсунньу 7 күнүгэр, көрөөччүлэри онус төгүлүн ыытыллар «В ритме Рождества» үӊкүү күрэ5э түмэ тарта. Быйыл сэттэ хамаанда кытыыны ылла, ор курдук «Эрэл» ыччат түмсүүтэ ( лидер М.А. Охлопкова), «Алгыс» НАК ( дир. А.Н. Новгородова) , «Ньургуһун» общ. түмсүү ( пред. М.П. Сысолятина), ветераннар түмсүүлэрэ ( пред. З.Е.Ощепкова), «Улыбка» о5о сайдар киинэ ( зав. Баишева Нь.М), Д.Ф Алексеев аат. 1-Хомустаах орто оскуолата ( дир. У.П. Атласова), О5о искусствотын оскуолата ( дир. Т.Е. Бережнева). Түмүккэ кыайыылаа5ынан та5ыстылар ветеран түмсүүтүн аатыттан кыттыыны ылбыт «Чэбдик» үӊкүү бөлө5ө. Бу киэһээ ону тэӊэ А.Окоемов аатынан «Мичээр» ҮНА иитиллээччилэрэ, араас сылларга бүтэрбит выпускниктара үӊкүү арааһын бэлэх ууннулар, көрөөччү биһирэбилин ыллылар. Сыаналыыр сүбэ5э үлэлээтилэр: Варвара Степановна Олесова, «Мичээр» ансаамбыл маӊнайгы выпускницата, Анастасия Егоровна Сивцева, «Саха» НКИХ ыытыллар «Үӊкүүлээ» проект кыттыылаа5а, хореограф, Константин Васильевич Борисов А.Макарова аат. Культура уонна искусство колледжын хореография салаатын 3 курсун устудьуона.
Бу курдук, саӊа сылы көрсө ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ көрөөччү интэриэһиргээн сырытта, ытыс сылаас тыаһын харыстаабата. Киирии билиэттэр аныгы үйэ ирдэбилинэн онлайн атыыланныллар, «Пушкинская карта» программа үлэлээтэ. Инникитин күндү көрөөччүлэрбитин,чуолаан ыччаттары рэп хайысхатын саха омукка аан бастакынан киллэрбит Гоша Васильев – Джида айар киэһэтигэр тохсунньу 14 күнүгэр, тохсунньу 19 күнүгэр «Саӊа дьыл ча5ылхай кыымнара» саӊа дьыл бастыӊтан бастыӊ нүөмэрдэрэ кыттыылаах кэнсиэргэ күүтэбит.
Хаһан да5аны хатыламмат, саӊаттан саӊаны бэлэх уунар «Алгыс» Норуот Айымньытын Киинин үтүө түһүлгэтигэр күүтэбит Эйиигин, күндү көрөөччү!
Комментариев нет:
Отправить комментарий