Тохсунньу 19 - 27 күнүгэр "Уруйдан -айхаллан, Эҥсиэли Нам сирэ" улуустаа5ы нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар фестиваль чэрчитинэн уус- уран оҥоһуктар быыстапкалара турда. Биһиги нэһилиэкпититтэн сахалыы таҥаска Анастасия Касьяновна Барашкова, Баай Туйаара Кэскил Кыыһа, Яна Петровна Орлова, Лидия Иннокентьевна Избекова, кыбытык тигиигэ Д.Ф.Алексеев аатынан орто оскуола коллективнай үлэтэ, кылтан оҥоһукка Кристина Валерьевна Сидорова, туостан оҥоһуктарга Баишева Валентина Дмитриевна, Новгородова Наталья Константиновна, Ермолаев Алексей Альбертович, маһы кыһан оҥоруу көрүҥэр Колесов Александр Михайлович, Николаев Юрий Александрович, Протопопов Дмитрий Анисимович үлэлэрэ турдулар.
Быыыстапка түмүгүнэн тохсунньу 28 күнүгэр уус -уран самодеятельность фестивалын уопсай түмүгэ тахсара күүтүллэр.
Тохсунньу 21 күнүгэр ааспыт сыл түмүгүнэн общественнай түмсүүлэр сыллаа5ы үлэлэрин түмүгүн таһаарыы М.К. Аммосов аатынан Культура уонна духуобунас киинин дыбарыаһыгар ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн бастыҥ үлэлэрин иһин "Лучшее общественное объединение 2022 " анал ааты "Үргэл" түмсүү ( сал. Березкина Т.А.) , "Лучший общественник 2022 года" анал ааты Барашкова А.К. ылла, ону тэҥэ нэһилиэк "Чагда" түөлбэтэ улуус баһылыга Слепцов Ю.И. махтал суругунан бэлиэтэннэ. Уопсай үлэ туһугар туруулаһар дьоммутугар ситиһиилэринэн эҕэрдэ!
Комментариев нет:
Отправить комментарий