"Уруйдан - айхаллан, Энсиэли, Нам сирэ! " 2022 сыллаа5ы нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт уус- уран самодеятельность фестивалыгар "Хомустаах Бастакы" нэһилиэгэ МТ улахан нэһилиэктэр икки ардыларыгар 3 степеннээх дипломунан на5араадаланна. Фестиваль фольклор, үҥкүү, ырыа, быыстапка көрүҥнэринэн быһа эфиринэн ыытыллыбыта ( Zооm площадка). Фестиваль түмүгүнэн анал аакка тигистилэр Дмитрий Анисимович Протопопов ("Кэскиллээх уус" анал аат - мас оҥоһукка), "Сарыада" ырыа ансаамбыла ( "Лучшее вокальное исполнение" анал аат, сал. С.Тумусова, М.Охлопкова ), "Чугдаар" фольклор ансаамбыла ( "Лучший фольклорный номер" анал аат, сал. Е.Руфова). Нэһилиэк туһа диэн кыттыыны ылбыт, культура эйгэтин куруук өйүүр, үлэбитигэр күүс - көмө буолар дьоммутугар махталбытын биллэрэбит - сыра5ытын уурбуккутун, күннэтэ дьаныардаахтык бэлэмнэммиккитин, таҥас- сап тиктибиккитин сыаналыыбыт.
Комментариев нет:
Отправить комментарий