11 декабря, 2024

 


Улуустаҕы  "Үрүҥ кынат» бириэмийэ чэрчитинэн фольклорга уонна уус-уран оҥоһуктары көрүү күрэҕэ ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн кыттыыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун. 

Күрэх түмүгүнэн тойукка Елена Охлопкова  3 үктэл, норуот ырыатыгар Урсун Винокуров, кырыымпаҕа Григорий Софронов, Елена Каменева, хомуска Федот Алексеев 3 үрдэл, 

оһуокайга Ирина Николаева 3 үрдэл, 

хомус күрэҕэр Федот Алексеев 1 үрдэл аатын сүктүлэр.

Уус -уран оҥоһуктары көрүүгэ  "Чочуллубут чороон" күрэҕэр

Протопопов Дмитрий  3 үрдэл,  "Өбүгэ ситимэ" кыбытык көбүөр тигиигэ  "Мындыр -уус" анал аат 

 (  Рожина Т. И.,  Соловьева В.В.,  Васильева А.Н.,  Жиркова Т.А.,  Федорова А.К., Сивцева - Игнатьева А.И. ,  Маркова С.К. холбоһуктаах үлэлэрэ), "Туос тойуга" күрэххэ Яна  Нюргусова оҥоһугунан ситиһиилээхтик кытынна.

Сыл устата ыытыллыбыт уус -уран самодеятельноһы көрүү манан  түмүктэннэ, нэһилиэкпит чиэһин Хомустаахтар ситиһиилээхтик көмүскээтибит.





Комментариев нет:

Отправить комментарий