«Ытык куба бэлиэлээх Наммыт сирэ кэскиллээх» улуустаа5ы Үрүӊ тунах ыһыахха Бастакы Хомустаах нэһилиэгэ үгүс ситиһиилээх кытынна.
«Дойдум – ытык алаһам» түһүлгэ киэргэтиитигэр , сандалы остуол хотойорунан ас арааһын астааһыӊӊа улахан нэһилиэктэргэ 1 миэстэ, «Саха мааны талба таӊаһа» күрэххэ общественнай түмсүүлэр икки ардыларыгар «Иис Далбардар» түмсүү (сал. Барашкова А.К) 1 миэстэ, «Оһуор -мандар оӊоһук» Нам улууһун уран уустарын күрэ5эр Протопопов Дмитрий 2 миэстэ, «Чэй эрэ, чабыр5ахтаан ча5аарыах» чабыр5ах күрэ5эр «Чугдаар» фольклор бөлө5ө 2 миэстэ, «Уруйдан Улуу олонхобут» биирдиилээн олоӊхоһуттар күрэхтэригэр Елена Руфова 1 миэстэ уонна «Оһуохай үӊкүүтэ түһүлгэ үөрүүтэ» оһуохай күрэ5эр Ирина Николаева 2 миэстэ. Кыайыылаахтарга э5эрдэ, күүс- көмө буолбут дьоммутугар махтал!
Комментариев нет:
Отправить комментарий