Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө "Алгыс" НАК-гэр оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэригэр, ыччаттарга аналлаах "Кыайыы суолунан" квест оонньуу ыытылынна.
Оонньуу кыттыылаахтара барыта 7 станциянан "Исторический", "Музыкальный" , "Герои войны", "Памятники Победы" , "Спортивный", "Ворошиловский стрелок" ( дартс) кытыннылар. Түмүккэ кыайыылаа5ынан "Бригада" хамаанда ( орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыл.сал. Васильева А.Н.), иккис миэстэ "Эрэл" ыччат хамаандата ( лидер Охлопков И.И ), үһүс миэстэ "ВВС" хамаандата ( орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыл.сал. Винокурова Ю.Г) таҕыстылар. Көхтөөх кыттыы иһин бирииһи туттулар "Манчаары" хамаандата ( орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыл.сал. Соловьева А.Т). Оонньуу бириистэрин туруордулар "Кыһыл сулус" уордьан, "Хорсунун иһин" , "Москва куорат кыргыһыыта" , "Ленинград куорат көмүскэлэ" , "Прибалтиканы босхолооһун" , "Белоруссияны босхолооһун" , "Берлины ылыы" иһин мэтээллэрдээх, Аҕа дойду сэрииитин хорсун, дьоруой саллаата Егор Афанасьевич Москвитин -Мэтээллээх Дьөгүөр оҕолоро, сиэннэрэ. Кэнчээри ыччат дьоруой саллааттары, буойуннары, история чахчыларын билэлэллэригэр туһуламмыт тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. Кыттыыны ылбыт оҕолорго, ыччаттарга, кылаас салайааччыларыгар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын биллэрэбит!
Комментариев нет:
Отправить комментарий