Кулун тутар 24 күнүгэр, Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр культура үлэһиттэрин күнүн көрсө М.К.Аммосов аатынан Культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар үөрүүлээх чаас ыытылынна. Культура эйгэтигэр өр сылларга үлэлээбит ветеран- наставниктары, ситиһиилээх үлэһиттэри бэлиэтиир үөрүүлээх чааска биһиги коллективтан- "Отличник культуры" РС (Я) үрдүк бэлиэни фольклор специалиһа Руфова Е.И., "Нам улууһа" МТ баһылыга Слепцов Ю.И. Бочуотунай грамотатын, улуустааҕы культура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун махтал суругун художник- оформитель Рожина Е.В., "За вклад в развитие культуры Намского улуса" бэлиэни методист Барашкова А.К., СР культура5а уонна духуобунай сайдыыга министирэ Куприянов Ю.С. Махтал суругун А.Окоемов аат." Мичээр" ҮНА уус- уран салайааччы Ощепкова Нь.И. туттулар.
Кулун тутар 27 күнүгэр, "Театр күнүнэн" улуустааҕы уус- уран самодетяельноһы көрүү фестивалын иккис чааһа ыытылынна. Бастакы Хомустаах нэһилиэгин "Мэскэйдэр" театральнай түмсүү көмүскээтэ, ол курдук Ч.Айтматов " Ийэ сир" сэһэниттэн быһа тардан көрдөрдүлэр ( тур. режиссер Руфова Е.И.). Иккис түһүмэххэ "Баул" көрдөөх сыанканы Екатерина Ядреева, Александр Захаров оонньоотулар. Түмүккэ театральнай постановкалары көрүүгэ улахан нэһилиэктэр икки ардыларыгар 1 степ.. лауреат үрдүк аатын ыллыбыт. Махтанабыт күүс - көмө буолбут кыттыыны ылбыт дьоммутугар, реквизитинэн көмөлөспүт Партизан нэһилиэгин "Хомус" фольклор дьиэтин коллективыгар ( дир.Алексеев С.Г). Спектакль нэһилиэнньэ дьонугар- сэргэтигэр муус устар 8 күнүгэр "Алгыс " НАК көстүө5э.
Комментариев нет:
Отправить комментарий