Үйэлээх тапталы туойбут Алампа
Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар.
Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха
бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева буолар. Кини Нам
оройуонун Үөдэй нэһилиэгэр 1891 с. төрөөбүтэ. Дьоно быстар дьадаңы буолан,
Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн
үлэлээбиттэр. Дуня горничнайынан сылдьыбыт.Алампалыын түөрт сыл кэриңэ билсэн
баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар.
Дьон көрүүтүгэр, Дуня үрдүк көнө уңуо5ун, маңан, толуу бэйэтин, сайа5ас
майгытын бэлиэтииллэр. Олус үлэhит, асчыт, иистэнньэң, барыга ылба5ай, сыста5ас
эбитэ үhү.
1927 сыллаахха Алампа хаайыллыан эрэ иннинэ, Дунята республика прокурорунан үлэлии олорбут киhиэхэ арахсан баран хаалар. Биэс сылы быhа сыылка5а сору-муҥу көрөн, ыарыhах буолан кэлбит Алампа Дунятын тиhэх төгүлүн көрөн хаалыам диэн ыңыртара, саатар түннүгүм аннынан көстөн аастар диэн санаатын биллэрэ сатаабыт да, ити ба5ата туолбакка сырдык тыына быстыбыт…
Таптал туһунан Алампа хоһоонноро:
"Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах"
Комментариев нет:
Отправить комментарий