Ийэ тыл, сурук -бичик күнүнэн общественнай түмсүүлэр икки ардыларыгар "Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай" интеллектуальнай оонньуу ыытылынна. "Түмсүү " балаҕаҥҥа барыта аҕыс хамаанда оонньууга күөн көрүстэ: " Сайдыына" массыына көлөлөөх кэрэ аҥардар, " Хотууна " дьахтар түмсүүтэ, "Эр сомо5о" эр дьон түмсүүтэ, "Эрэл" эдэр ыччаттар, "Үргэл" доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут түмсүүтэ, "Сирдьит" үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, "Бита" - "Ньургуһун" түмсүү, "Түмсүү" ветеран сэбиэтэ.
Хамаандалар барыта түөрт түһүмэҕинэн кытыннылар. Ол курдук, таабырын таайыы, өс хоһоону ситэрии, тылтан тыл таһаарыы, хамаанда аатын толкуйдааһын , девиз уонна саха литературатыттан ыйытыктарга эппиэттээһин. Оонньуу түмүгүнэн - 1 үрдэл "Автоледи" түмсүүтэ ( сал. Маркова А.В.) , 2 үрдэл - "Эрэл" түмсүү ( сал. Охлопкова М.А.) , 3 үрдэл - "Эр сомоҕо" түмсүүтэ (сал.Захаров А.А.) ыллылар. Ийэ тыл күнүгэр анаммыт тэрээһин оһуохай түһүлгэтинэн түмүктэннэ- оһуохайы таһаардылар Ирина Николаева, Урсун Винокуров, Федот Алексеев, , Татьяна Рожина, Иван Васильев, Мичил Иннокентьев, Александра Аргунова. Тэрээһиҥҥэ бука бары кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын биллэрэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий