16 февраля, 2023

 

                          

           «Үтүө аата ааттана турдун…»

 Биир дойдулаахпыт, оскуолабыт бастыҥ выпускнига, республика сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит Ньургун Семенович Тимофеев быйыл төрөөбүтэ 60 сыла. 


Бу чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр араас хабааннаах тэрээһиннэр Ньургун Семенович аатын үйэтитиигэ ыытыллыахтара. Ол курдук, олунньу 10 күнүгэр  Д.Ф. Алексеев аатынан орто оскуола актовай саалыгар Ньургун Семеновиһы ахтан- санаан ааһар тэрээһин ыытылынна. Көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар:   Ньургун Семенович доҕоро , соратнига , юридическай наука кандидата, профессор Александр Николаевич Ким- Кимэн,  оскуолатааҕы кэмин, үлэһит быһыытынан үүнэн-сайдан тахсыбыт кэмнэригэр  ыкса, чугастык үлэлэспит көмөлөһөөччүтэ,    учуутала  Николай Христофорович Горохов о5о саас до5отторо, бииргэ үөрэммит о5олоро Иван Николаевич Аммосов, Николай Прокопьевич Соловьев, Люция Николаевна Николаева, олоҕун аргыһа Сардаана Юрьевна Иванова    уонна нэһилиэкпит, улууспут общественноһа.  Тэрээһин оскуола үөрэнээччилэрэ А.М.Татаринов - Удьурҕай Нь.С.Тимофеевка анаабыт хоһоонунан  литературнай монтажтарыттан саҕаланна, ону сэргэ "Ыллык" оҕо телестудията (сал. А.Избекова), "Алгыс" НАК оҥорбут биир дойдулаахпыт кылгас  да буоллар бүттүүн үлэҕэ үлэҕэ анаабытынд олоҕун кэпсиир видеоролик көһүннэ. Түмүккэ  Сем ен Никитич Тимофеев тылларыгар, мелодиятыгар  «Хомустааҕым барахсан”  ырыаны    “Сарыада”  вокальнай ансаамбыл толордо (сал. С. Тумусова, хор. М.Охлопкова). Көрсүһүүнү "Сайдыы"  ОАДь педагога, нэһилиэк музейын  салайааччыта  Надежда Васильевна Константинова ыытта.







  


Комментариев нет:

Отправить комментарий