17 октября, 2022



 Алтынньы ый 17 күнүгэр Ийэ күнүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн биир дойдулаахпыт, визажист Ирина Ховрова маастар кылаас тэрийдэ. Күннээҕи олоххо кэрэ аҥар сэбэрэтин  макияж ханнык ньымаларын тутуһан тупсуон, кэрэ көстүүлэниэн сөбүн кистэлэҥнэригэр үөрэттэ. Нэһилиэкпит элбэх оҕолоох Күн күбэй ийэтигэр Анастасия Сивцеваҕа макияж оҥорон , бэлэх уунна. Ону тэҥэ кыттыыны ылбыт кэрэ аҥардар косметика көрүҥнэрин билистилэр. Сирдээҕи аанньалларбытыгар, кэрэ аҥардарга анаммыт биир үтүө күн олус туһалаахтык ааста. Маастар кылааһы бэлэх ууммут Ирина Ховроваҕа h_irishka_makeup@ "Алгыс" НАК аатыттан махталбытын биллэрэбит, куруутун биһиги үлэбитин өйүүргүн сыаналыыбыт.






Комментариев нет:

Отправить комментарий