Чурапчы улууһуттан "Аҕа уонна уол" күрэҕиттэн сонуннар:
- Нам улууһун чиэһин үрдүктүк көмүскээн, төрөөбүт дойдуларын былааҕын тоҕус томтордоох Чурапчы сиригэр күөрэччи тутан Андрей,Георгий Винокуровтар хамаандалара чиэстээхтик кыттыыны ыллылар.
- Икки күн устата ыытыллыбыт республикатааҕы күрэх үрдүк таһымнаахтык Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр ааста. Барыта 17 хамаанда кыттыыны ылла.
- Күрэх кыттыылаахтарын улуус границатыгар арыылаах алаадьынан,кыынньар кымыһынан Чурапчы ыалдьытымсах дьоно үөрэ-көтө көрүстүлэр.
- Киэҥ культурнай программа кыттааччылары, ыалдьыттары икки күн устата сүргэлэрин көтөхтө.
- Ыалдьыттары интернатынан олохтоотулар, остолобуойга итии минньигэс ас тэрилиннэ.
- Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ республика "Аҕа сүбэтин" председателэ Айхал Габышев кыттыыны ылла.
- Биһиги нэһилиэкпит хамаандатын Винокуровтар дьиэ кэргэни- биир дойдулаахпыт Сылаҥ нэһилиэгэр олохсуйан олорор Артем Аргунов дьиэ кэргэнэ маанылаан көрүстэ.
Аҕа уонна уол оруолун үрдүктүк тутуу чиэһигэр ыытыллар күрэххэ саллан- толлон турбакка, күүстээх - модьу санааны ылынан, икки күн устата аһаҕас халлаан анныгар ыытыллыбыт эр санааны эрэйэр күрэххэ чиэстээхтик, үрдүк таһымнаахтык кыттыыны ылбыт Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ эҕэрдэбитин, махталбытын биллэрэбит!
Комментариев нет:
Отправить комментарий