Ол курдук, «Төрөөбүт дойдубут уран тарбахтаахтара» выставка муус устар 24 күнүттэн арыллан үлэлээтэ. Нэһилиэкпит 30-ча талааннаах дьоно кыттыыны ыллылар. Выставкабытыгар дьиэ кэргэнинэн кыттыы уус дьоммут удьуора сайдыытын бэлиэтэ буолар.«Бастакы Хомустаахха уус кыһата» тимири уһаарыы тэрээһин ыытыллан биэс киилэттэн тахса тимир тахсан нэһилиэк историятыгар киирдэ.
Муус устар 26 күнүгэр нэһилиэк тэрилтэлэрэ кыттыылаах «Кыайыынан хардыылаа, Сахам Республиката! бырааһынньыктаа5ы автоколоннанан төрөөбүт дойдубут Ытык сирдэринэн айан тэриллиннэ. Автономия 100 сыллаах үбүлүөйүгэр Ытык сиргэ - сурукка киирбитинэн Хотугу Ытык Хайа5а, Ийэ кут төрүүр сиригэр, норуокка биллэринэн Үс Сэргэ5э 100 киһилээх сиэри-туому Николаева Наталья Анатольевна-Тускууна толордо. Салгыы нэһилиэкпит М.К.Аммосов аатын сүгэр киин уулуссата быйыл 55 сыллаах үбүлүөйдээх сылынан автоколонна айаннаата. Кыайыы болуоссатыгар Ирина Николаева, Елена Руфова, Урсун Винокуров таһаарыыларыгар «Уруй оһуохайа» дуорайда. Ытык сирдэргэ тохтобул аайы М.К. Аммосовка анаммыт хоһооннору Ю.А.Николаев, И.П.Избеков, оскуола 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ Саша Рязанскай, Василий Табунанов аахтылар. «Түмсүү» бала5анна итии чэйдээх, арыылаах алаадьылаах, ис мииннээх оллоонноон олорон «Төрөөбүт дойдум, эн алыптаах олоҥхоҕор, уһаарыллан
улааппытым...» олоҥхону истии тэрилиннэ. Үгүс элбэх ситиһиилэрдээх олоҥхону толорооччубут Яна Ньургусова Д.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ "Дьырыбына Дьырылыатта" олоҥхотун толордо.
Саха сирин Автономиятын 100 сылын көрсө республикатаа5ы «Төрөөбүт дойдум-мин киэн туттуум» диэн ааттаах куйаар ситиминэн видеоролик күрэ5э ыытылынна. Конкурска республика араас муннуктарыттан улэлэр киирдилэр. Бу конкурс тэрээһинигэр Республикатаа5ы норуот айымньытын дьиэтэ, Петр Сивцев аатынан улуустаа5ы история этнография музейа үлэлэстилэр. Өр сылларга нэһилиэкпит «Кэҥкэмэ» телестудиятыгар операторынан, «Алгыс» НАК звукооператорынан үлэлээбит, нэһилиэкпит историятын кэрдиис кэмнэрин илэ көрөрбүтүгэр кыах биэрбит талааннаах киһибит Александр Констанитинович Бурнашев-Биидьик Сааска аймахтара конкурс бирииһин олохтоотулар.
Муус устар 27 күнүгэр "Алгыс" НАК "Киэн тутун, эн саха буоларгынан" үөрүүлээх тэрээһинҥэ "Саха АССР 100 сыла" бэлиэлэри туттарыы үөрүүлээх быһыыга- майгыга ыытылынна, тэрээһин «Туой-ыллаа, дьикти кэрэ, Дьоллоох Сахам сирэ!» уус -уран самодеятельность кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий