Муус устар 23- күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгэр "Түһүлгэ" НАК Нам улууһун ыччаты уонна дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ отделын «Хамаҕатта нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын өйөбүллэринэн Нам улууһун нэһилиэктэриттэн дьоһун-мааны дьиэ кэргэттэри түмэр түһүлгэҕэ Михаил, Надежда Макаровтар ыалдьыттарын түмтүлэр.
Бу түһүлгэ «Дьиэ кэргэн бөҕө туруга, нэһилиэк бигэ тирэҕэ» - диэн өйдөбүлгэ олоҕуран улуус нэһилиэктэрин айар - тутар талааннаах ыалларыгар болҕомто уурар,дьиэ кэргэн туругун, ытык суолтатын үрдэтэр сыаллаах ыытылынна.Улууспут хас да нэһилиэгиттэн ыҥырыыларын ылынан кыттар хас биирдии дьиэ кэргэн бэлэмнээх кэлэннэр тэрээһини киэргэттилэр. Биһиги нэһилиэктэн Виктор Герасимович, Айталина Дмитриевна Рожиннар кыттыыны ыллылар. Түгэнинэн туһанан куруук уус-уран самодеятельноська актыыбынай кыттыыны ылар Рожиннар дьиэ кэргэҥҥэ махалбытын биллэрэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий