Муус устар 23 күнүгэр "Алгыс" норуот айымньытын киинин сырдык сыанатыгар СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ А. Окоемов аатынан "Мичээр" үҥкүү народнай ансаамбыла "Народнай" аатын көмүскүүр киэһэтэ залга тоҕуоруһа мустубут толору көрөөччү ытыс дохсун тыаһынан арыалланан үрдүк таһымҥа ааста.
Кэнсиэргэ ансаамбыл бука бары иитиллээччилэрэ сэттэтиттэн сэттэ уон сааһыгар тиийэ уопсайа 80 тан тахса киһи кытынна. Александр Окоемов туруорбут "Мичээр" ансаамбыл көмүс фондатыттан көрөөччү дууһатын туппут "Чохчоохой", "Сардаана", "Казахскай үҥкүү", "Саадьаҕай оҕус", "Уһун суһуох" үҥкүүлэр, ону таһынан хореографтар Эдуара Сергеева, Алена Охлопкова, салайааччы Татьяна Филиппова туруорбут саҥа сонун үҥкүүлэрэ үҥкүүлэннилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
|
Түмүккэ комиссия ансаамбыл таһымын үрдүктүк тутан, сайдан иһэллэрин бэлиэтээтилэр, салгыы үлэлииргэ, айарга-тутарга сүбэ-ама биэрдилэр. Отчуоттуур кэнсиэри "Саха" НКИХ видеоҕа устан, архивка үйэтитилиннэ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий