СР Олоҥхо декадатынан, нэһилиэкпитигэр "Олоҥхо истиитэ" бырайыагынан, бүгүн, ахсынньы 6 күнүгэр, "Түмсүү" балаҕаҥҥа Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, олоҥхоһут Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр ыалдьыттаата. Биир дойдулааҕа, М.Т. Шараборин-Кумаарап "Дуо Бухатыыр" олоҥхотун иһитиннэрдэ. Ол кэннэ Василина Васильевнаны кытта атах тэпсэн олорон истиҥ сэһэргэһии буолла.
Тэрээһин аһыллыытыгар "Сайдыы" Оҕо Айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир "Умсулҕан" фольклорнай студия оҕолоро хомуска сахалыы матыыптары оонньоон иһитиннэрдилэр, Елена Охлопкова тойук, Урсун Винокуров норуот ырыата, Федот Алексеев хомус дьүрүскэн тыаһын бэлэх ууннулар.
Бу истиҥ киэһэ көрөөччүлэрэ ыалдьыттара алаадьы амсайан, ис миинэ иһэн, олоҥхону дуоһуйа истэн, сэргэхсийэн тарҕастылар. Тэрээһин ыытылларыгар күүс -көмө буолбут "Илгэ Хотун" кооператив председателигэр О. В. Сивцеваҕа, ветеран сэбиэтин председателигэр З.Е. Ощепковаҕа, олохтоох дьаһалта суоппарыгар Н. В. Сивцевка махталбытын биллэрэбит.
Комментариев нет:
Отправить комментарий