Эҥсиэли хочотун Ытык сиригэр "Үс сэргэҕэ" бүгүн үтүө санаанан салайтаран оҥоһуллубут, историяны кэпсиир үйэлээх тутуу кыһыл лиэнтэтин үөрүүлээх быһыыга - майгыга быстылар " Хомустаах Бастакы" нэһилиэгэ МТ баһылыга Жирков В. Г., СР Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Атласов А.П., "Нам улууһа " МТ баһылыгын солбуйааччы Николаев Ф.В., ООО "Вертикаль" салайааччыта Алексеев Г.Д.
Улууспут историята тиһиллибит, куйаар кодтаах стендэни оҥоруу идеятын Георгий Дмитриевич иилээн - саҕалаан, бэйэтин тула тэрилтэлэри кэпсэтэн, биир санаанан салайтаран бу тутууну бэлэх ууннулар. Ол курдук, махтанабыт ООО "Перспектива" Н.А.Спиридонов, АЭБ "Капитал" И.А.Борисов, ИП "Марков В.Р", ИП "Степанов П.А", ООО "Восток- Капитал" И.П.Тимофеев, ООО " Фордевинд" В.Н. Горохов, ООО "Лигран", ООО "Вертикаль" тэрилтэлэргэ уонна "Үс сэргэҕэ" киирии суолун -ииһин көннөрүүгэ үлэлэспит П.Д.Эверстовка. Тэрээһин күндү ыалдьытынан буолла стендэҕэ киирэр материалга үлэлэспит убаастабыллаах Е.М. Полякова, "Хомустаах Бастакы нэһилиэгэ " МТ сайдыытын иһин" бэлиэнэн наҕараадаланна. Ыччат дьоммут саҥа тутууну харыстыылларыгар туһаайда уонна историяны үөрэтиигэ үлэлэспит Намнааҕы история уонна этнография музейыгар , улуустааҕы библиотекаҕа, олохтоох дьаһалтаҕа махталын биллэрдэ.
Саҥа тутуу сиэлтэн өрүллүбүт, тордуйалаах сиэдэрэй көстүүлээх саламанан киэргэннэ, саламаны нэһилиэк "Туос түмсүү" иистэнньэннэрэ бэлэх ууннулар ( сал. В.Д.Баишева).
Эҥиэли хочотун кэрэ көстүүтүн сөҕө- махтайа көрөр Ытык сирбитигэр бу курдук саҥа тутуу үксүү турдун!
Комментариев нет:
Отправить комментарий