23 февраля, 2023

 

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа,снайпер,орденоносец И.Ф. Новгородов (1915-1969 с.с.) сырдык кэриэһигэр аналлаах улуустааҕы “А5а уонна уол” дьиэ кэргэн байыаннай--спортивнай күрэх Бастакы Хомустаахха үрдүк  таһымҥа ыытылынна. 


Күрэх түмүгүнэн "Автоматы түргэн хомуйууга" 1м. Искра нэһ. Ермолаевтар, 2 м. Партизан нэһ. Семеновтар, 3 м. Хамаҕатта нэһ. Барашковтар таҕыстылар. "Кыраҕы харах" түһүмэххэ 1 м. Винокуровтар 1 - Хом.нэһ., 2 м. Ермолаевтар, 3 м. Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ ситиһиилэннилэр. " Бастыҥ тардынааччы" ааты ыллылар Семеновтар, Барашковтар, Винокуровтар. "Дойдунаат" интеллектуальнай оонньуу түһүмэҕэр тэҥнээхтэрин булбатылар Винокуровтар, Семеновтар, Николаевтар 1-Хом.нэһ дьиэ кэргэттэрэ. "Бүдүрүйбэт сүһүөх " түһүмэххэ 1 м. Винокуровтар, 2 м. Николаевтар, 3 м. Семеновтар таҕыстылар. Уопсай түмүккэ кыайыыны ситистилэр, Новгородовтар дьиэ кэргэн сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар Бастакы Хомустаах нэһилиэгиттэн 1 м.  Винокуровтар , Партизан нэһилиэгиттэн 2 м. Семеновтар, Хамаҕатта нэһилиэгиттэн 3 м. Барашковтар дьиэ кэргэн. Күрэх үөрүүлээх аһыллыытыгар Д.Ф. Алексеев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ 3 кылаастар  (кыл.сал.Д.Д.Жиркова), 7 кылаастар ( кыл.сал.Т.А.Жиркова), 9 кылаастар ( кыл.сал. А.Н.Васильева) строевай хаамыы көрдөрдүлэр, тэрийээччилэр ааттарыттан баһылык Жирков В.Г.," Эр сомоҕо " түмсүү сал. Захаров А.А., күрэх кылаабынай судьуйата Захаров А.Г., Новгородовтар аймах ааттарыттан ветеран учуутал, СР Үөрэҕириитин туйгуна Новгородов Ф.И. эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Күрэх бука бары кыттыылаахтара, кыайыылаахтара И.Ф. Новгородов оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олохтообут анал бириистэрин тутан үөрүүлэрэ үксээтэ, 8 кылаас үөрэнээччитэ Эрнест Егоров ырыанан  эҕэрдэлээтэ. Күрэх кэмигэр "Кыайыы уота" патриотическай сүүрүү кыттыылаахтара эҕэрдэлээн аастылар, кинилэр Ильмень күөлгэ буолбут кыргыһыы 80 сылынан Дьокуускай- Хомустаах- Нам хайысхатынан 80 км.устата сүүрүөхтэрэ. Салайааччы Дмитрий Горохов. Бастакы Хомустаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан кыттыыны ылбыт хамаандаларга, тэрийээччилэргэ , бириис олохтообут Новгородовтар дьиэ кэргэттэригэр барҕа махталбытын биллэрэбит!  




























Комментариев нет:

Отправить комментарий