Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр "Түмсүү" балаҕанна Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, нэһилиэк баһылыгар, саҥа талыллыбыт депутаттарга анаан Алгыс сиэрэ-туома ыытылынна.
Былыр-былыргыттан Алгыс тыла дириҥ ис хоһоонноох, тыл сүмэһинэ, ырааһа, кэрэтэ, саха омугун итэҕэлэ, култуурата барыта алгыска түмүллэр. Бүгүҥҥү сүр көтөҕүү, ыраастаныы, уоскуйуу, күүс иҥэрии Алгыһын иилээн-саҕалаан ыытта- алгысчыт, туомньут, дөһүөлдьүт, саха итэҕэлин тарҕатааччы Наталья Николаева-Тускууна. Аныгы дьалхааннаах , барыы-кэлии, сүүрүү-көтүү, ыксааһын олоххо Алгыс суолтата өссө үрдүүр, уоскуйа, тохтуу түһэргэ толкуйданарга төһүү күүс биэрэр. Нэһилиэкпит барҕара сайдыытын, тускула улаатарын туһугар үлэлиир бас-көс дьоммут Алгыс ылан, ыраастанан, күүс ылан үлэлэрэ өссө тахсыылаах, таһаарыылаах буолуо диэн эрэллээхпит. Түмүккэ, сылаас алаадьы амсайан, итии үүттээх чэй иһэн остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэтии, инники былааннары быһаарсыы буолла. Наталья Николаева-Тускууна ый аайы балаҕаҥҥа анал сиэр туом, ыраастыныы Алгыстарын ыытыаҕа. Онон баҕалаахтар кэлэн саха итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.
Комментариев нет:
Отправить комментарий