Сэтинньи 19 күнэ Аан дойду үрдүнэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт күн. Бу күн чэрчитинэн республикаҕа, улууска декада ананан араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бүгүн нэһилиэкпитигэр "Үргэл" инвалидтар общественнай түмсүүлэрэ итии чэйдээх, минньигэс астаах остуол тула олорон сэргэх күнү атаардылар. Түмсүү салайааччыта Татьяна Алексеевна салалтатынан тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын улуус нэһилиэктэриттэн кэлбит ыалдьыттар бэлиэтээтилэр. Түмсүү кыттыылаахтарыгар этэҥҥэ буолууну, инникигэ эрэли баҕарабыт!
Комментариев нет:
Отправить комментарий