10 марта, 2022

Күн күбэй Ийэлэргэ, эйэҕэс эбээлэргэ анаммыт бэлиэ күн




Кулун тутар 10 күнүгэр  сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан , Аан дойду дьахталларын күнүнэн "Түмсүү"  балаҕанҥа өр  кэмнээх тохтобул кэнниттэн сэргэх   тэрээһин ыытылынна. Баһылык  Василий Гаврильевич Жирков, саҥа талыллыбыт ветераннар сэбиэттэрин председателэ Зоя Егоровна Ощепкова эҕэрдэ тыллары анаатылар, үбүлүөйдээх дьоммутун чиэстээтилэр.  Д.Ф.Алексеев аатынан орто оскуола коллектива,  директор Ульяна Павловна Атласова  Нэһилиэккэ Үөрэҕирии тэриллибитэ  135 сылыгар аналлаах бэлиэ знактары ветеран учууталларга туттартаата. Кэрэ аҥардарга  конкурс "Дамских шляп " ыытылынна. Сэттэ кыттааччыттан бастакы миэстэни Варвара  Касьяновна Новгородова ылла. Салгыы хамаанданан  күрэхтэр тэриллиннилэр. Баян нарын тыаһынан тэрээһини киэргэттэ Виктор Герасимович Рожин. Бу киэһэ кэлбит кэрэ аҥардар бука бары киирээти кытта сибэкки дьөрбөтүн тутаннар үөрүүлэрэ үксээтэ. Күндүттэн күндү, нарын, уйаҕас дууһалаах  дьоммутугар анаммыт киэһээ саҥалыы тыыннаммыт, сырдыы - үөрэр балаҕан дьиэҕэ бэрт истиҥник ааста.  















Комментариев нет:

Отправить комментарий