19 февраля, 2022

Тыа сирин кулууба үлэтин саҕалаабыта 70 сыла



Кулууп тэрийэр агитбригадатыгар сылдьыспытым

       Мин 1- Хомустаах орто оскуолатыгар үөрэнэр кэмнэрбэр хас сайын аайы кулууптар агитбригада үлэтин тэрийэллэрэ. Биһиги агитбригадабыт “Алгыс» диэн ааттааҕа.Ол кэм нэргэ кулууп директорынан Новгородова Валентина Николаевна үлэлиирэ. Кини оскуола оҕолорун түмэн сайын аайы бу үлэни салайара.  Идэлээх үҥкүүһүт суох буолан биһиги бэйэбит үҥкүү толкуйдаан, айан үҥкүүлүүр этибит. Валентина Николаевна бэйэтэ баяҥҥа оонньоон үҥкүүлэрбитин доҕуһуоллуура. Мин өйдүүрбүнэн агитбригадаҕа  сайын иккитэ сылдьыбытым. Ол кэннэ стройотряд оҕолорун, студеннары кытта  грузовой массыынаҕа тиэллэн ,мөлтөх суолунан  өр да өр  айаннаан тиийэн Таастаах отчуттарыгар  этэҥҥэ  концертаабыппыт. 

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан куруутун киинэҕэ сылдьар этибит, учугэй да бириэмэ этэ. Ол кэмҥэ оччо-бачча телевизоры көрбөт этибит. 5 чааска буолар оҕо сеанцыгар киинэ көрө киирэргэ  5 копейка төлөөн киирэрбит. Арааһынай киинэлэри көрдөрөллөрө. Билигин санаан кэллэххэ, киинэ биһиги  иитиллэн тахсарбытыгар көмөлөстөҕө. Ол кэмҥэ киномеха нигынан Степанов Николай Николаевич үлэлиир этэ. Киинэ тохтоон хаалбытын олох өйдөөбөппүн. Билигин санаатахха, учугэйдик көрдөрөр эбит. Киинэ улахан дьоҥҥо киэһэ 7 чаастан саҕаланара, онно биһигини көҥүллээбэттэрэ.Арай биир күн “Бобби» диэн индийс кэй киинэ буолбута. Таптал туһунан киинэни оҕолорго көрдөрбөттөрө, ол билигин оҕолор арааһы көрөллөр. 1977 сыллаахха биһиги онус кылааска үөрэнэ сылдьан ол киинэни көрүөхпүтүн олус баҕаран оскуола директорыгар бары илиибитин баттаан туран көрдөһүү сурук суруйдубут. Кыратык мөҕө түһэн баран көҥүллээтилэр. Онон “ Бобби” киинэни кө рөн наһаа үөрбүппүт. Ол кэмҥэ кулуупка ордук индийскэй  киинэни көрө наһаа элбэх киһи кэлэрэ, онон олорор да миэстэ тиийбэтэ. Биһиги туран эрэ көрбүппүт. Ол да буоллар киинэттэн  астынан аҕай барбыппыт. 






   Реутова ( Попова ) Альбина Эдуардовна,  Чукоткатааҕы Конергино бөһүөлэк Культура    дьиэтин 1980-1994 сс директора, Россия сибээһин маастара, Үлэ ветерана.  

                                                                                           

Комментариев нет:

Отправить комментарий