14 февраля, 2022

Тыа сирин кулууба үлэтин са5алаабыта 70 сыла

 

"Биһигини кулууппут сомоҕолообута"


Мин  культура дьиэтигэр олунньу ыйга 1996 с. В.Н.Тихонова пенсия5а тахсыбытын кэннэ үлэҕэ киирбитим. 

1-Хомустаах культуратын дьиэтин директора Т.Р.Соловьева уу-уран салайааччынан үлэлээ диэн ыҥыран ылбыта. 

Урут Эбээн-Бытантай улууһугар кулуупка уус-уран салайааччынан 1 сыл үлэлээбитим, онон бу үлэ ис дьиҥин билэр буолан олус иллээх коллективка киирэн тутатына ыарырҕаппакка үлэлээн барбытым. 

Коллективым дьоно бары да бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһө-өйөһө сылдьар этибит. Онноо5ор дьиэбит ремона, сууйуута буоллун көмөлөсүһэрбит.

Биһигини кулууппут сомоҕолообута. Күн бүгүнүгэр диэри ол кэмнэргэ үлэлээбит дьон бары сиэттиспитинэн үөрүүлээх, хомолтолоох да күммүтүгэр бииргэбит. 

Бииргэ үлэлээбит дьонум Т.Р.Соловьева директор, кэлин Я.П.Орлова директорынан кэлбитэ, Любовь Обутова, Лена Максимова, Марианна Григорьева – методистар, Игнат Оконешников – художник оформитель, Александр Бурнашов – звукооператор, тех.үлэһиттэр – Варвара Корякина, Екатерина Борисова, харабыллар Любовь Соловьева, Айта Оконешникова, Римма Баишева. Кэлин методистарынан Күннэй Жиркова, Валентина Оконешникова, Саргылана Азарова, Валентина Колесова, Анастасия Барашкова, костюмерынан Сардана Маркова, художниктарынан В.В.Соловьева, Иван Яковлев үлэлээбиттэрэ. 

Мин үлэлии бастаан киирбит сылларбар уларыта тутуу дьалхааннаах кэмнэрэ, совхозтар эстэн сана общественнай формация тэриллэр кэмэ, экономическэй балаһыанньа – кризис ыарахан кэмнэрэ этэ. Хас да ый хамнас ылбатах кэмнэрбит баара. 

Кулуупка харчы киллэрээри гастролга барарбыт. Ханалас улууһугар Нөмүгүгэ, Чапаевка5а, Уулаах-Ааҥҥа сылдьыбыппыт. Бэйэбит улууспут нэһилиэктэригэр эмиэ барарбыт. Кулууппут өрөмүөнүгэр харчы булаары хортуоппуй олордон, отон хомуйан, ону атыылаан кырааска атыылаһан косметическэй ремонт ыытарбыт. 

Нэһилиэнньэ бары араҥатын хабар сыалтан Я.П.Орлова «Аал-луук мас» программа онорон, ол программанан культура эйгэтигэр туһуламмыт  тосхоллорун олоххо киллэрэн үлэлээн барбыппыт. 

Түөлбэлэринэн үлэ куруук ыытыллар этэ. Кэлин бу программа ылыллан түөлбэлэр үлэлэрин сөргүтүү барбыта.  Түөлбэлэринэн концертар тэриллибиттэрэ, «Кыһыны атаарыы» бырааһынньыктара ыытыллаллара. 

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ бары олох салгыы сайдарыгар, олох таһыма үрдүүрүгэр кыһамньыларын, күүстэрин ууран үлэлииллэрэ. Ол үлэлэрин түмүгэ, ситиһиитэ, общественнай үлэлэрэ барыта культура дьиэтигэр кииннэнэн дьоҥҥо биллэр, дьон дьүүлүгэр тахсар. Онон нэһилиэк бары араҥата культура эйгэтигэр кыттар. Олох биир сиргэ турбат. Сайдыы барар, өй-санаа, общественнай формация уларыйар, ону кытта тэҥҥэ хардыылаан культура дьиэтэ араас таһымнаах үлэни ыытан кэлбитэ. 

«Аал – лук мас» программа ылынан культурабыт дьиэтэ Кыьыл-Сыырдаа5ы культура уонна Педагогика киинэ диэн ааттаммыта. Оскуоланы кытта үлэ ситимнэммитэ, интэриэстэринэн түмсүүлэр нэһилиэк бары араҥатын хабар сыаллаах үлэлээбиттэрэ. «Сүмэ» драмстудия, ыччат «Ток-шоу» - театр миниатюр салайааччы Лена Максимова, «Мандар» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ салайааччы Я.П.Орлова, «Төлөн» литературнай түмсүү салайааччы Т.Р.Соловьева, «Ыллаа-ыллаа» ырыаны таптааччылар түмсүүлэрэ салайааччы Л.П.Обутова, «Алгыс» айар түмсүү салайааччы Я.П.Орлова, «Умсул5ан» фольклорнай түмсүү салайааччы Я.П.Орлова, «Кэскил» суорумньу кулууба салайааччы Т.Р.Соловьева, «Чараҥ» сыана ветераннарын түмсүүтэ салайааччы А.С.Соловьева, «Холумтан» саллаат ийэлэрин түмсүүтэ салайааччы Егорова Л.В., «Алаһа» эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ салайааччы Н.Д.Жиркова. Хас биирдии түмсүү салайааччыта бэйэлэрэ салайар түмсүүлэрин сыл аайы презентациялаан, сылын аайы кыттааччыларын кэккэтин элбэтэн үлэлииллэрэ. 

«Сүмэ» драмстудия салайааччы Лена Максимова «Улуу Туймаада» историческэй драманы туруоран улууска «Гран-при» ылбыта. Ону тэнэ кини «Ток-шоу» театр миниатюр салайан ыччаттары кытыннаран көрөөччү биһирэбилин ылара. 

Хас биирдии улэһит кулууппутугар туспа үлэни тэрийэр, туспа ньымалаах буолара. Ол курдук Лена Максимова бэйэтэ олус сэргэх киһи – тугу эрэ тобула, айа сылдьар буолааччы. Дьону кытта тутатына билсэн, уопсай тыл була охсоро. Бэйэтэ да эдэр буолан ордук ыччакка чугас, тылын ылыннарар, кинилэр санааларын таба таайар, туохха дьо5урдаахтарын билэ охсон, ону арыйан олус сөпкө талан кытыннарар этэ. Онон Лена5а арыллан, ис кыахтарын билинэн, ыччаттар сөбүлээн кыттар этилэр. 

«Ыллаа-ыллаа» түмсүү салайааччыта ыллыыр талааннаах Любовь Обутова  - наһаа сэмэй, холку киһибит, бэйэтэ туспа киһи быһыытынан олус үчүгэй хаачыстыбалаах. Биьиги омун-төлөн буолан туох эмэ сатаммата5ына, соһуччу ыксаллаах түгэннэргэ күүркэйдэхпитинэ холкутук быһаарсан үлэбит сүнньэ биир ситимҥэ киирэрин ситиһэрэ. Отчуоту кини суруйара, лоп-бааччы суруйбут отчуота хайҕанара. Өссө кини наһаа үчүгэй фантазиялаах, идеялаах буолааччы. Ол фантазиятын, идеятын кэпсээтэҕинэ харахпытыгар онорон көрөрбүт. Оччотооҕу олох реалията диэххэ дуу, оччотооҕу кэм бэйэтин туруга биһигини сирдээҕи олоххо төннөрөн кэбиһэрэ. Ол гынан баран билигин көрдөхпүнэ биһиги Любабыт фантазията, идеята, баҕата билигин культура дьиэтин олоҕор сороҕо киирэн тураллар, сороҕо атын улуустарга киирбит. Онон билигин үлэлиир усулуобуйа тупсан, сайдан иһэр. 

«Төлөн» литературнай түмсүү үлэлээбит сылларыгар олохтоох автордар үлэлэрэ дьон билиитигэр тахсан – биһиэхэ да айар, суруйар дьон баалларын билбиппит. Кинилэр суруйбут хоһоонноро ырыа буолан тахсан ылламмыттара. Татьяна Родионовна Соловьева бу түмсүүнү салайбыта. Татьяна бэйэтэ сценкаларга характернай оруоллары олус табан оонньуура, уонна сценкалары сатабыллаахтык туруорара. «Суорумньу» кулуубу салайан, дьону түмэн араас сирдэргэ арыаллаан сылдьара. Бу кулууп үлэтэ бэйэтэ туспа спецификалаах, дьону кытта сатаан үлэлиири эрэйэр хайысха. Онно мээнэ киһи ылсыбат. 

«Алгыс», «Умсул5ан», «Мандар» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин Яна Петровна Орлова салайбыта. Кини сахалыы сиэр-туом, норуот уус-уран айымньытын пропагандалыыр үлэни ыыппыта. «Умсул5ан» түмсүүгэ оһуохай, чабырҕах, хомус, тойук, алгыс туһунан үөрэтэрэ. Ол онтон саҕыллан оскуола оҕолоро, нэһилиэк бары араҥата кыттан фольклор киэһэлэрин ыытарбыт. Яна Петровна бэйэтэ алгыстаан, куту-сүрү бөҕөргөтөр сиэри-туому ыытара. 

Мин билигин онтон ыла норуот үгэстэрин интэриэһиргээн, кэлин Дархан алгысчыт А.С.Федоров уһуйааныгар сылдьан, алгыс сиэрин-туомун сааһыран баран ыытар буолбутум. Итэҕэллээх норуот тирэхтээх, күүстээх. А.С.Федоров тус бэйэтин алгыһын ылан, үтүө баҕатын толорон билигин юбилейдарга, сыбаайбаларга, дьиэ малааһыныгар алгыс сиэрин-туомун ыытабын. 

«Мандар» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ сахалыы таҥаһы пропагандалааһыҥҥа оруола улахан этэ. Ол курдук, биьиги кулууп улэһиттэрэ бары «Мандар» түмсүүгэ түмсэн сахалыы танаһы тиктибиппит. Улуус Ыһыаҕар бары оноолоох соннору, сэлиэччиктэри тиктэн улуус ыһыаҕар көрдөрбүппүт. Манна ветераннарбыт эмиэ кыттыбыттара. Соннорбутун Яна Петровна бэйэтэ быһан биэрбитэ. Улууска кыттан баран Кулаковскай аатынан культура киинигэр Якутскайга сахалыы соннорбутун, таҥаспытын көрдөрбүппүт. Уопуттаах иистэнньэҥнэр дьиҥ сахалыы иис кистэлэҥин туһунан истибиппит.

 «Чараҥ» сцена ветераннарын түмсүүтүн мин салайбытым. Бастаан түмсүүнү М.К.Попова 1995 сыллаахха тэрийбитэ, онно миигин уус-уран салайааччынан анаан, биһиги ветераннары – урут сцена5а кыттан кэлбит уус-уран самодеятельность активнай кыттыылаахтарын түмэн концерт туруоран, гастролга баран кэлбиппит. Онон кулуупка үлэлии кэлэн бу түмсүүнү салгыы салайбытым. «Чараҥ» түмсүү кыттыылаахтарын махтана, сүгүрүйэ ааттыахпын баҕарабын:  Пинигина С.П., Тихонова А.М., Тихонов М.М.,Казанова Н.П.,Светлана, Константин Константиновтар, Константинов С.О., Светлана, Филипп Соловьевтар, Жиркова В.Д., Ермолаева А.В., Лаврентьева Т.Ф., А.С, П.И. Атласовтар, А.И., Г.Г.Поповтар, К.Н., П.Г. Сергеевтар, Новгородова Марфа Иннокентьевна, Винокурова Е.И., Харитонова А.Ф., Колесов С.С., Леонтьев Р.Р., Аргунов Д.Т., Кривошапкин М.М., Орлова К.П., Перевалова Н.П., Охлопкова В.М., Тихонова В.Н., Васильев А.И., Корякина М.А., Охлопкова Т.К. уода. Бу саастаах көлүөнэ эдэр эрдэхтэриттэн сценаттан түспэккэ ыллыы-туойа, үҥкүүлүү сылдьаллара, араас мероприятиеларга көхтөөхтүк кытталлара дьону көҕүлүүр этэ. 

«Алаһа» эдэр ийэлэр түмсүүлэрин Жиркова Надежда Дмитриевна салайбыта, бэйэлэрин интэриэстэринэн араас конкурстары ыыталлара, кинилэр ыытар тэрээһиннэрэ олус сэргэх, дьон болҕомтотун тардар буолара. 

«Холумтан» саллааттар ийэлэрин түмсүүтүн Егорова Людмила Васильевна салайара, армия кэккэтигэр ытык иэстэрин төлүү барар саллааттары атаарыыны, көрсүһүүнү кулууп дьиэтигэр ыытара. Ыччат дьон армияҕа бараары туран дьонун-сэргэтин алгыһын, үтүө баҕатын истэн – эппиэттээх, дойдутун туһугар ытык иэһин толорорун дириҥник өйдөөн барара, салгыы сулууспата этэҥҥэ ааһарыгар төһүү күүс буолбута мэлдьэҕэ суох буолуохтаах.

Культура дьиэтин мелодистара общественнай тэрилтэ ыытар үлэтигэр өрүү көмөлөһөн, тэрийэр биэчэрдэригэр сценарий суруйан тэҥҥэ ыытыһаллара. 

«Эрэл» ыччаттар түмсүүлэрэ кулууп иһинэн үлэлиирэ. Кулууп ыытар үлэтигэр өрүү кыттан ыччат улахан оруолу ылара. Эдэр ыччат түмсүүтүн салайбыт ыччат лидердара Е.В.Борисова, Т.А.Алексеева, И.А.Охлопков ыччаты түмэн көхтөөхтүк үлэлээбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. 

Онтон «Мичээр» үҥкүү ансаабылы А.Н.Окоемов – ураты талааннаах салайааччы культура эйгэтигэр киллэрбит сүдү кылаатын өрүү махтана хас биирдиибит ахтар буолуохтаах. 

Музыкальнай школа директорынан үлэлээбит Орлов В.Ф. – СР культуратын туйгуна- биһиги культурабыт дьиэтигэр баянистаан, бэйэтин кылаатын киллэрбитин туспа тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини олус сатабыллаах, виртуоз-баянист, хору, ырыаһыттары куоласка арааран, үөрэтэн ыллатара. Улууска, Аппааныга «20-с уйэ уостан түспэт ырыалара» фестивальга  ырыа күрэҕэр үс куоласка арааран үөрэппит квартета Обутова Л.П., Соловьева А.С., Оконешников И.А., Колесов В.А.  2 миэстэни ылбыппыт. «Олох устун ырыа аргыстаах» номинацияҕа тиксибиппит. Комсомол тэриллибитэ 80 сыллаах юбилейыгар комсомольскай ырыа курэҕэр Виктор Федорович баянынан доҕуһуоллаан, мин солонан кыттан «Чуор куолас» номинацияҕа тиксибитим. Ити кини үтүөтэ. Куолаһы, тональноһы сөпкө тутан, үөрэтэн ыллаппытын түмүгэ. Онон В.Ф.Орловка оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит бары коллегаларым махтанар буолуохтаахтар. 

Хорбутун фестивалларга М.М.Ядрихинская дирижердаан, үөрэтэн ыллатара. Үөрэхтээх специалист буолан хорбут ырыата табыллан тахсара кини кыһамньытын ситиһиилэрэ. 

Женкомитет председателинэн уһуннук үлэлээбит Т.А.Березкина өрүү биһигини кытта үлэлэһэрэ, активнай позициялаах киһи бэйэтэ эмиэ уус-уран самодеятельноска активнайдык кыттара. 

Нэһилиэккэ баар бары тэрилтэлэр культура дьиэтин ыытар үлэлэригэр көхтөөхтүк кытталлара, салайааччылар өйөөһүннэрин түмүгэр ситиһиилэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Эдэр специалистар-методистар Күннэй Жиркова, Валентина Оконешникова, Марианна Григорьева, Сардаана Орлова, Саргылана Азарова биһигини кытта бэркэ тапсан үлэлээбиттэрэ. Художникпыт Игнат Оконешников олох норуот киһитэ этэ. Ураты кэрэ куоластааҕа. Иннибитигэр укта сылдьар киһибит этэ. Тарбаҕар талааннаах уус, реквизитпытын оҥорон хас биирдии тэрээһиммитин киэргэтэн ситиһиилээхтик барарыгар улахан көмөнү оҥороро. 

Кини кэнниттэн Лера Соловьева художнигынан үлэлээбитэ. Кини бэйэтэ эмиэ туспа көрүүлээх художник биһиги үлэбитигэр атын тыыны киллэрбитэ. Ити курдук хас биирдии киһи бэйэтэ туспа эйгэлээх – көрүүлээх үлэлээх буолара. Иван Яковлев эмиэ художнигынан үэлии сылдьыбыта. 

Олох хардыытынан сайдыы баран иһэринэн үлэ хайысхалара байытыллан уларыйан иһэллэр. 

Көлүөнэ – кэм кэрдии ыйыытынан, өй-санаа, сайдыы тэтиминэн ирдэбили уларыйан иһэр, ону кытта культура үлэтэ эмиэ салгыы сайдар, уларыйар, байытыллар.

Пенсияҕа тахсан баран сиэннэри көрөн олордохпуна директорбыт атын үлэҕэ баран уурайбытын кэннэ Атласов Александр Павловичка коллективым миигин директорынан рекомендациялаан кулуупка төттөрү ыҥыран ылбыттара. Үлэлээбит коллективым эрэлэ, итэҕэлэ миигин соһуппута, үөрдүбүтэ. Онон хаттаан аны директор дуоһунаһыгар төттөрү кэлэн үлэлээбитим. 2008 сыллааха «Бастыҥ директор» номинацияҕа тиксибитим. 


2007 сыл түмүгүнэн Саҥа дьыл тэрээһинэ

Оҕолорго утренник түгэнэ
    

Уус-уран самодеятельность
 кыттыылаахтара 1999 с.
  
Сыанка кэмигэр


Конферансье Соловьев Ф.А.
 
Дьүүллүүр сүбэ үлэ кэмигэр
 

  Үлэлээбит коллективпар өрүү махтанабын, бииргэ өйөһөн, ыарахан да кэмнэрбитигэр, үөрүүлээх да түгэннэрбитигэр өрүү бииргэ буоларбытыгар. 

Нэһилиэкпит Аҕа баһылыктарынан Горохов Н.Х., Соловьев Б.Ю., Петров А.М., Атласов А.П.үлэлээбит кэмнэригэр үлэлээбитим. Онон бу салайааччылары кытта уопсай тылы булан, нэһилиэк общественнай, культурнай олоҕор өйөбүл буолбуттарын хайаан да бэлиэтиэхпин наада. 

Билигин айымньылаахтык үлэлии сылдьар «Алгыс» норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ биһиги үлэлиир кэммитигэр художественнай самодеятельноска өрүү активнайдык кыттар этилэр. Онтон үүнэн-сайдан культура эйгэтигэр үөрэнэн, специалист буолан ситиһиилээхтик айа-тута үлэлии сылдьаллар. Материальнай-техническэй базалара сайдан, культура дьиэтэ истиин-тастыын тупсан, сырдаан, дьону-сэргэни сырдыкка, кэрэҕэ угуйа турар. 

“Алгыс” норуот айыньытын киинин коллективыгар өссө да сайда, үүнэ, саҥа саҕахтары арыйа, дьону көҕүлүү, үөрдэ, түмэ ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр баҕарабын.


Анастасия Степановна  Соловьева 1996-2004 сс. уус-уран салайааччы, 2007-2008 сс. директор. 

Комментариев нет:

Отправить комментарий