Түмсүүлээх буолуохха
Мин 1959 с. ыам ыйын 26 күнүгэр I Хомустаахха төрөөбутум. 1966-1976 сылларга I Хомустаах орто оскуолатыгар уөрэммитим.Оскуолаҕа уөрэнэ киирэрбэр хомустуур этим. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго биһиги ыалбыт П.М.Кривошапкин-Уус Бүөтур тимир ууһа этэ, хомус оҥороро. Адьас кыра сааспыттан, ол эбэтэр 5-6 саастаахпар Бүөтүр оҥорбут хомуһун миэхэ таттарар истэрэ. Эмээхсинэ Дуунньалыын тиистэрэ суох буолан бэйэлэрэ тарпаттара дуу, эбэтэр туораттан истэн тыаһын көннөрөрө дуу!? Өйдөөбөппүн. Ол гынан оскуолаҕа киирэрбэр Бүөтүр бэлэхтээбит хомустаах этим.
3-4 кылааска М.В. Баишева үөрэппитэ. Кини 10 оҕону анаан Сахалыы таҥастаан, Бүөтүртэн хомус атыылаһыннаран ансамбль тэрийэн фестивальга кыттыбыппыт, мин солистаабытым. Дьэ, онтон ыла аны хас концерт, фестиваль ахсын хомустуурум саҕаламмыта.
Хомустаах кулуубугар 1969 сылтан хомустаан, кэлин араас концертарга, фестивалларга 1977 сылга дылы кыттыбытым.
Айылҕаттан ураты айдарыылаах дьон Хомустаах кулуубугар үлэлээн аспыттара: Константинов К.Н.- ураты куоластаах ырыаһыт, драмартист. Кини ырыатын Саха телевиденниятыгар истэн, көрөн сөҕөрбут. Сценаҕа былыргы андаҕары ааҕар монологун, Филипп Соловьевтуун оонньуур сценкалара ураты этилэр. Дьиҥ айылҕа биэрбит, Таҥара анаабыт талаана этэ.
Николай Филиппович, ураты сэмэй майгылаах, кыыһырары билбэт, өруу иннинэн сылдьар киһини кэлин аҕыйахта көрүстүм. Төһөлөөх концертка байааннаан доҕуһуоллабыта буолуой!? Түүннэри-күнүстэри. Оччорорго оскуолаҕа кылаастарынан, совхоз отделеннияларынан, нэһилиэк тэрилтэлэринэн күрэхтэһии бөҕө. Ол аайы Николай Филипповиһа суох табыллыбат.
Буор-босхо, ким да күһэйиитэ суох, дьон көрдьөһүүтүн быһа гыммакка сырыттаҕа. Ытык киһи, Саха саарына!
М.К.Попова, дьэ кырдьык, дьаһайары, тэрийэри, көҕүлүүрү сатыыр, дьиҥ культуура улэһитэ этэ. Айылҕаттан драмартиската. Билиҥҥи кэмҥэ эбитэ буоллар народнай теардаах, бэйэтэ киинэҕэ уһуллар артыыс буолуо этэ.
Колесова А.И., Новгородова В.Н - өр сылларга кулуубу салайбыт салайааччылар. Александра Ильична дьоҥҥо сыһыанынан, тэрийэр дьоҕурунан ытыктанар киһи этэ. Элбэх юбилейдары, уруулары, малааһыннары ыытара. Саҥа таас кулууб улэҕэ киирэригэр сыратын биэрбитэ.
Валентина Николаевна- мелодист, поэт, толорооччу, хор, ансамбль салайааччыта. Кини айбыт ырыалара сөргүтүллэн, билиҥҥи дьон, ыччат ыллыан баҕарабын.
Урукку ыччат наһаа көхтөөх этэ. Дмитрьева Лиза сцена тутаах киһитэ. Ыллыыр, үҥкүүлүүр. Николаева М.П. толорор “Антах харах, бэттэх мурун” диэннэрдээх сценкатын билигин да өйдүүбүн.
Соловьев Ф.А. сцена ветераана. Дьэ, талаан. Аҥардас көрдөөх кэпсээннэрэ дьону быара суох ыытараллар. Билигин да Силипчээн буорааҕа кураанах буоллаҕа!
С.Н.Тимофеев, М.А.Корякина испанскай үҥкүүлэрэ, Колесов Василий, Оконешников Игнааттыын дуэттара, М.В.Баишева, Д.Т.Атласова хомустара, Мария Николаева, Ф.Н.Винокурова, Илья Ощепков, А.Ф. Охлопков инсценировкара хатыламмат кестуу этэ.
Илья Ощепков оскуола саҕаттан ыллыыр. А. Алексеев “Ардаҕын” билигин да урдук таһымҥа толорор кыахтаах.
Араас кэмҥэ Бурнашев К.К., Орлова Я.П., Соловьева Т.К., Обутова Л.П., Олесова А.И. о.д.а. улэлээн ааспыттара. Бары да идэлэрин баһылабыт специалистар этэ.
“Мичээр” ансамбль салаайааччыта А.Н.Окоемов туһунан өйдөбүл умнуллубат.
Хомустаах кулуубар киинэ керуу бөһүөлэккэ үөрүүлээх события буолара. Индийскэй киинэ, концерт буоллаҕына бырааһынньык.ш
Киномеханиктар Петр Охлопков, Николай Степанов, Варвара Корякина о.д.а үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.
Эргэ кулуубка 60-с сыллартан саҕалаан Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх артыыстара, Саха сирин театрдара, кэлин эстрада артыыстара мэлдьитин гастролга кэлэллэрэ.
Киинэ артыыһын Николай Крючкову, ССРС народнай артистара, Бурятияттан Линхвоин, Саха сириттэн Дмитрий Ходулов курдук артыыстары көрсүбүппүн бу баардыы өйдүүбун.
Кулууб мэлдьи ыраас, киһи кута-сүрэ тохтуур сирэ этэ. Онно Дора Дмитрьева, Татьяна (Сысолятина) Сивцева өр сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.
Яна Орлова, Александр Окоемов, Игнат Оконешников, Константин Бурнашев, Василий Колесов, Елизавета Дмитрьева, Мария Николаева, Илья Ощепков, Анна Бурнашева, Елена Муксунова о.д.а. активнай ыччаттар кулууп, комсомольскай тэрилтэ улэтин өрө тутан, барытын тэрийэн, кыттан иһэллэрэ.
Кулууп саҥа коллективар, художественнай самодеятельность кыттыылаахтарыгар, I Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторугар ситиһиини, түмсүүлээх буолууну баҕарабын!
СР үөрэҕириитин уонна культууратын туйгуна,
Хомусчут-импровизатор Николай Евсеевич Жирков
-Хомустаах Ньукулай.
Махтаал, Николай Евсеевич ка, дьонун олус үчүгэйдик сырдаппыт. Маладьыас, өссө төгүл махтал, Хомустаах Ньукулайга
ОтветитьУдалить🙌👍
ОтветитьУдалить