Ыам ыйын 24 күнэ - бары үөрэх кыһаларыгар тиһэх чуораан чугдаарда, үөрэх дьыла түмүктэннэ. Д.Ф.Алексеев аатынан орто оскуоланы бүтэрэр выпускниктарга анаан айыыларга хайыһыы, арчылааһын сиэрэ - туома ыытылынна. Оҕолор салама баайдылар, кэс тыллардаах бэлиэ туттулар. Туому "Алгыс" НАК фольклорга специалиһа Елена Руфова ыытта. Ону сэргэ, А.Н.Окоемов аатынан "Мичээр" ҮНА выпускниктарыгар
Дамир Казановка, Эрнест Егоровка, Петр Васильевка, Эдуард Охлопковка, Артем Алексеевка уһуйааччылара Нюргуяна Ильинична, Алена Николаевна ансаамбылы түмүктээбит туоһу суруктарын, бэлэхтэри туттардылар. А.Н.Окоемов бииргэ үөрэммит доҕотторо, 1977 сыллаах выпуск сылын аайы ансаамбыл выпускниктарыгар туттарар стипендияларын быйыл Эрнест Егоров , Петр Васильев ыллылар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий